ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Сэтинньи 20 күнүгэр Бороҕоҥҥо «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ Олоҥхо уонна Хомус улуустааҕы декадатын үөрүүлээх аһыллыыта норуот айымньытын сэргээччилэри түмтэ. Быйылгы тэрээһин биир дойдулаахтарбыт – Курбуһахтан төрүттээх олоҥхону бөдөҥ чинчийээччи, филологическай наука кандидата Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар уонна Баатаҕайтан төрүттээх айдарыылаах ырыаһыт, Саха тыйаатырын драм артыыһа Николай Алексеев төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.

Үөрүүлээх аһыллыыны Курбуһахтан «Сандал» сынньалаҥ киинин иһинэн «Хоһоон хонуута» литературнай түмсүү кыттыылаахтара хомус, хоһоон доҕуһуоллаах киэргэттилэр.

Мустубут дьону улуус культураҕа управлениетын начальнигын солбуйааччы Саина Стручкова эҕэрдэлээн туран, 2007 сыллаахха тэриллибит «Олоҥхо» ассоциацията олохтообут түөскэ кэтиллэр «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» ааты Өлтөх нэһилиэгин 90 саастаах олохтооҕор Иван Охлопковка-Туймалыырапка, итиэннэ «Олоҥхону бастыҥ уһуйааччы» ааты Бороҕон нэһилиэгиттэн Татьяна Габышеваҕа туттарда.

Дьоро киэһэни салгыы «Дьиэрэй» фольклор күрэһэ улуус талааннарын түмтэ. Ол курдук, Бороҕон, II Лөгөй, Баатаҕай, Суотту, о.д.а. нэһилиэктэртэн саха культуратын тарҕатааччылар норуот ырыатыгар, олоҥхоҕо, хомуска, тойукка бэйэлэрин талааннарын таһаардылар, дьоҕурдарын бэлэхтээтилэр.

Салгыы мустубут бар дьон күргүөмүнэн хомустаан дьүрүһүттүлэр.

Биһиги нэһилиэктэн тойукка Таисия Аманатова, Марта Ушницкая, төрүт дорҕоон (хомус, кырыымпа, күпсүүр…) Анисия Готовцева, дэгэрэҥ уонна норуот ырыатыгар Марфа Готовцева, Таисия Аманатова, Елена Сивцева, бөлөҕүнэн толорууга «Тэтим» Фольклорнай бөлөх, Белолюбскай А.П. салайааччылаах баран кыттыыны ылан кэллэ.

Түмүккэ: 

Дэгэрэҥ уонна норуот ырыата- Марфа Готовцева «Күнү таптыыбын» ырыанан II үрдэл;

Төрүт дорҕоон (хомус, кырыымпа, күпсүүр…)- Анисия Готовцева хомуска I үрдэл;

Норуот ырыата- Елена Сивцева «Манчаары» КЫЛААН ЧЫПЧААЛ.

Добавить комментарий