Сахалыы сиэринэн кэлбит ыалдьыттары түптэ уматан, салама баайан, алаадьынан айах тутан көрүстүбүт. Ааспыт ырыа күнүн чэрчитинэн күргүөмүнэн нэһилиэкпит Өрөгөй ырыатын толорон, уопсай хаартыскаҕа түһэн үөрүүлээх чааһы ситэрдибит.
Эбиэт кэмигэр эҕэрдэлэр, ырыа күнүгэр аналлаах оонньуулар ыытылыннылар. Саха Республикатыгар бэлиэтэнэр Ырыа, оһуохай күннэринэн оһуохай этээччилэрбитигэр, ырыа ансаамбылларыгар «Түмэн» НАК аатыттан Эҕэрдэ суруктары туттардыбыт. Ньукуолун күнүнэн «Биэттэ булчуттара» түмсүү кус, балык миининэн күндүлээтилэр.
Салгыы «Сайылык оонньуулара» хамаанданан күрэххэ, «Чаранайдар» хамаанда кыайыылааҕынан таҕыстылар. Николаев Николай Адамович салайыытынан эр дьоҥҥо, дьахталларга үс көрүҥҥэ (троеборье-дартс, хабылык, городки) оонньууга эр дьоҥҥо
1м Николай Николаев
2м Пётр Лугинов
3м Дмитрий Гоголев,
Дьахталларга
1м Александра Алексеева
2м Лена Гоголева
3м Октябрина Готовцева ылары ситистилэр.
Өргө дылы оонньоон, тото хана аһаан, үҥкүүлээн сайыммытын бэртээхэйдик көрүстүбүт.