Ыам ыйын 22 күнүгэр Баатаҕайдар Ытык сирбитигэр «Денис Бэстэригэр» Ньукуолун күнүн, Сайылык күнүн үөрэ- көтө бэлиэтээтибит.
Сахалыы сиэринэн кэлбит ыалдьыттары түптэ уматан, салама баайан, алаадьынан айах тутан көрүстүбүт. Ааспыт ырыа күнүн чэрчитинэн күргүөмүнэн нэһилиэкпит Өрөгөй ырыатын толорон, уопсай хаартыскаҕа түһэн үөрүүлээх чааһы ситэрдибит. Эбиэт кэмигэр эҕэрдэлэр, ырыа күнүгэр аналлаах оонньуулар ыытылыннылар. Саха Республикатыгар бэлиэтэнэр Ырыа, оһуохай күннэринэн оһуохай этээччилэрбитигэр, ырыа ансаамбылларыгар «Түмэн» НАК аатыттан Эҕэрдэ суруктары туттардыбыт. Ньукуолун күнүнэн «Биэттэ булчуттара»… (читать далее)