Саха Республикатын күнүн көрсө доруобуйаларынан хааччахтаахтарга, «Сардаҥа» түмсүү чилиэннэригэр «Мин дойдум сүрэҕэ Дьокуускай куоратым» хаартысканан коллекция күрэҕэ ыытылынна. Кыайыылаагынан Александра Алексеева ааттанна. Өссө төгүл эҕэрдэлиибит.
«Саха Сирэ-Саргы сирэ!» Саха Республикатын күнүгэр аналлаах викторинаҕа барыта 5 киһи кытынна. Викторина кыттыылаахтарынан буоллулар, СВО-ҕа сылдьар уолаттар дьиэ-кэргэттэрэ. Түмүккэ 1м Жанна Копырина, 2м Ирина Семенова уонна Эрсан, Диана Корниловтар, 3м Августина Березкина ылары ситистилэр. Грамоталар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Аны да ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ диэн ыҥырабыт.
Сарсыарда 10ч:00м радиорепортаж, радиоконцерт клуб таһыттан холбонон бырааһынньыктааҕы күнү саҕалаатыбыт. Күнүс 14:00 чаастан нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттара сахалыы сайбаччы таҥнан параадтаан хаамтылар. Өрөгөй ырыатын кэннэ, баһылык Белолюбскай М.М. эҕэрдэтин тиэртэ. Артем Белолюбскай хоһооно, Егор Гоголев, Таисия Аманатова, «Күнчээн» оҕо саадын иитиллээччилэрэ ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Ол кэннэ «Күн Дьөһөгөй оҕото»-Саха Республикатын, Уус-Алдан улууһун, Баатаҕай нэһилиэгин норуотун маастара Данилова… (читать далее)
20.04.2024с остуолба, баҕана маһын кэрдиитигэр субуотунньукка трактордарынан тахсыбыт, үлэлээбит дьоммутугар, ас астаабыт кыргыттарга барыгытыгар барҕа махтал буолуохтун✊ Биир күн иһигэр элбэх обьемнаах үлэ үлэлэннэ, 5 роспус мас таһылынна. Аныгыс субботник ыам ыйын 1 күнүгэр үлэ, эйэ бырааһынньыгар буолуоҕа. Эбии мас таһыллыаҕа, оттук мас ветераннарга, СВО төрөппүттэригэр уонна дэлээнэ ыраастааһын үлэтэ ыытыллыаҕа. Эр дьон, кэрэ аҥардар… (читать далее)
Барыта сайаапканан 18 проект, 3 араас хайысхаҕа көмүскээтилэр. Онтон 8 проект кыайыылааҕынан тахсан улуустан көмө харчы ылар буолла. Кыайыылаахтар истэригэр С.Ф. Сивцев аатынан «Түмэн» НАК уус уран салайааччыта Белолюбскай А.П. «Тыас -уус, уот анал хоһо» диэн проегынан кыттан ,быйыл кэлиэхтээх саҥа уот, аппаратура турар миэстэтин оҥорууга 60.000 тыҺ. солк. ылар чиэскэ тигистэ..
Барыта 4 уол биэс түһүмэххэ күрэхтэстилэр.Түмүккэ «КЫЛААН ЧЫПЧААЛ» Егор Гоголев 4 кылаас буолары ситистэ, уонна аны сайын ыһыахха Баатаҕай нэһилиэгин аатын көмүскүөҕэ. Очкотунан тэҥнэспит, хаачыстыбанан хотторбут Артем Белолюбскай 2 кылаас, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан күрэххэ кыттар чиэһи ылла. Бары кыттыбыт уолаттарга, төрөппүттэргэ, кылаас салайааччыларыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит Николай Адамовичка, Любовь Владимировнаҕа, күрэх судьуйатыгар Алексей Алексеевичка махталбытын… (читать далее)
Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 1️⃣0️⃣0️⃣ сылыгар аналлаах ыһыахха бэлэмнэнэнУлуустааҕы “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай киин“Аартыктарынан айан” бырайыагынанМаастар кылаастары ыытта. ? “Аартыктарынан айан” бырайыак үөрүүлээх арыллыытыгар » Түмэн «НАК директора Ыалдьыттарга Махтал суруктары туттарда ?Салгыы Фойеҕа ыһыах сиэригэр-туомугар кыттааччыларга Битииһииттэри, арчыһыттары бэлэмнээһин буолла.?Ол кэннэ Уус Алданныы оһуохайдары үөрэттибит.Ону тэҥэ Эр киһи, дьахтар соннорун тигиитигэр маастар кылааһы , баҕалаахтарга… (читать далее)
Баатаҕай нэһилиэгэр СААҺЫ көрсө бырааһынньык көхтөөхтүк ааста.Бу күн ?атыы-тутуу, хорчуопка тэриллэн бурдук ас арааһа, утах, «Сырдык аартык» ыччат түмсүүтэ шашлык буһаран ыалдьыттары күндүлээтилэр.?көрдөөх Эстафетаҕа 2 хамаанда биэс араас түһүмэххэ кыттаннар «КҮН» хамаанда кыайыылаах буолла.?маассабай оонньууларга сыттыгынан саайсыы, хаатыҥка быраҕыы, остуолбаҕа тахсыы, массыына соһуу ыытылынна.?»Саамай элбэх блинылаах түөлбэ» түөлбэлэргэ конкурска 280 устуука блины буһараннар «САРЫАЛ» түөлбэ… (читать далее)