Сэтинньи 20 күнүгэр Бороҕоҥҥо «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ Олоҥхо уонна Хомус улуустааҕы декадатын үөрүүлээх аһыллыыта норуот айымньытын сэргээччилэри түмтэ. Быйылгы тэрээһин биир дойдулаахтарбыт – Курбуһахтан төрүттээх олоҥхону бөдөҥ чинчийээччи, филологическай наука кандидата Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар уонна Баатаҕайтан төрүттээх айдарыылаах ырыаһыт, Саха тыйаатырын драм артыыһа Николай Алексеев төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.
Үөрүүлээх аһыллыыны Курбуһахтан «Сандал» сынньалаҥ киинин иһинэн «Хоһоон хонуута» литературнай түмсүү кыттыылаахтара хомус, хоһоон доҕуһуоллаах киэргэттилэр. Мустубут дьону улуус культураҕа управлениетын начальнигын солбуйааччы Саина Стручкова эҕэрдэлээн туран, 2007 сыллаахха тэриллибит «Олоҥхо» ассоциацията олохтообут түөскэ кэтиллэр «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» ааты Өлтөх нэһилиэгин 90 саастаах олохтооҕор Иван Охлопковка-Туймалыырапка, итиэннэ «Олоҥхону бастыҥ уһуйааччы» ааты Бороҕон нэһилиэгиттэн Татьяна Габышеваҕа… (читать далее)